«Учуутал,иитээччи-олохпут сирдьитэ»
- Previous PostБүгүн алтынньы 5 күнүгэр КСК «Сайдам» дьиэтигэр Үгүлээппит оскуолатын учууталларын,»Тугутчаан» уһуйаан иитээччилэрин чиэстээһин буолла.Ол курдук култуура үлэтигэр көхтөөх учууталлары,иитээччилэриы эҕэрдэлээтибит.Уонна нэһилиэккэ ыытыллыбыт «Сыл бастыҥ учуутала».»Сыл бастыҥ иитээччитэ » ааты туттарыы буолла.Куоластааһын түмүгүнэн «Сыл бастыҥ учуутала» ааты ылла эдэр,талааннаах учуутал Васильев Антон Васильевич буолла.»Бастыҥ иитээччи» ааты ылла оҕо кутун туппут,уопуттаах иитээччи Маисова Саргылана Семеновна буолла.Чиэстээһин кэннэ «Учуутал,иитээччи-олохпут сирдьитэ диэн күрэхпит буолла.Хамаандаттан 6-лыы киһи кытынна.Күрэхтэһээччилэр барыта 6 түһүмэххэ кытыннылар.Күрэхпитигэр «Тугутчаан» уһуйаан иитээччилэрэ бастаатылар.Иккис миэстэ оскуола хамаандата.Кыттыбыт хамаандаларга махтал буоллун.Эһиэхэ үлэҕитигэр ситиһиини,дьоллоох,доруобай буолууну баҕарабыт!
- Next PostКэлэр нэдиэлэҕэ АҔАМ СААСТААХ дьоммутугар аналлаах тэрэээһиҥҥэ ыҥырабыт.Кэлин ,кыттыҥ дуоһуйа сынньанын!