Бугун сэтинньи ый 7 кунугэр КСК “Сайдам” дьиэтигэр киэьэ 19 чаастан “Музыкальнай лото” буолан ааста. Кыттыбыт дьоммут илии тутуурдаах, оттук харалаах . Мунутуур кыайыылаах Нина Саввична Прокопьева . Кыттыбыт дьоммутугар махтал. Куруук кохтоох буолун. 7 ноября, 2026 0 21
Бүгүн нэьилиэкпитигэр Украина5а анал байыаннай дьайыыга сэриигэ хорсун хоодуот буойуттар, сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттарбыт кэриэстэригэр кинилэргэ аналлаах мемориальнай истиэндэ арыйдыбыт. Нэьилиэк олохтоохторо, о5олор, Уолаттарбыт төрөппуттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьонноро элбэх киьи кэлэн тэрээьиннэ кытыннылар. Истиэндэ уруьуйун бэйэбит кыыспыт художественнай колледж студентката Ньургуйаана Николаева онорбута кэрэхсэбиллээх. Истиэндэ оноруутугар кыттыбыт дьоммутугар, Ньургуйаана5а бар5а махталбын тиэрдэбин. Биьиги Герой уолаттарбыт сырдык ааттара өрүү үйэлэр тухары ааттана туруохтара. Кинилэргэ аналлаах инникитин Сквер тутуута ыытыллыа5а. 5 ноября, 2026 0 37
Алтынньы 10 кунугэр, киэьэ 18 чаастан “Кунду киьим учууталым” диэн э5эрдэ концерт буолан ааста. 12 октября, 2026 0 35
Бүгүн алтынньы 2 күнүгэр биһиги Күбэйэ эбээлэрбит Тугутчаан уһуйаан оҕолоругар “Куобах уонна кини доҕотторо” диэн остуоруйа уонна бэйэлэрин ырыаларын ылллаан “Күбэйэ” түмсүү тэриллибитэ 15 сылыгар тахсыбыт саҥа кинигэлэрин уһуйаан кэллэктиибигэр туттаран кэллилэр.Биһиги эбээлэрбит куруук маннык кэлэр көлүөнэҕэ холобур буола сылдьалларыттан үөрэбит уонна киэҥ туттабыт. 2 октября, 2026 0 55
Ытыктабыллаах нэһилиэкпит олохтоохторо.Балаҕан ыйын 26 күнүгэр,күнүс 15 чаастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр ыҥырабыт.Бары сахалыы таҥастаах кэлэрбит олус үчүгэй. 24 сентября, 2026 0 47
Үүнэр-сайдар саргылаах, үтүө-мааны дьоннордоох Үгүлээппит нэһилиэгин Үрүҥ Тунах ыһыаҕар, бэс ыйын 21 күнүгэр ыҥырабыт! 16 июня, 2026 0 217